Күндү күн күбэй ийэлэр!
21:51 16.10.2022 16+
Күндү күн күбэй ийэлэр!
«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын уонна оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин ааттарыттан күн күбэй ийэлэри үтүө, кэрэ бырааhынньыгынан – Ийэ күнүнэн ис сүрэхтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Ийэ күнэ биһиги Өрөспүүбүлүкэбитигэр бастакы Президеммит М.Е. Николаев дьаһалынан 1993 сылтан бэлиэтэнэр. Бу кэрэ-бэлиэ күҥҥэ үтүө-мааны Далбар Хотуттарбытыгар – ийэлэрбитигэр, махтаныы, сүгүрүйүү, ийэҕэ тапталы, ытыктабылы биллэрии кэрэ-бэлиэ түгэнинэн бэлиэтэнэр. Ийэттэн орто дойду олоҕо, дьиэ-кэргэн бигэ туруга, кэнчээри ыччаппыт сайдыыта сүҥкэн тутулуктаах. Кини истиҥ-иһирэх сыһыана, киэҥ-холку майгыта оҕолорбутун угуттуур, алаһа дьиэбитин, дьиэ-кэргэммитин араҥаччылыыр.
Билигин Саха сириттэн элбэх эр хоһуун, ол иһигэр биһиги улууспут олохтоохторо – Эһиги төрөппүт, ииппит-такайбыт оҕолоргут Дойдубут көҥүл уонна тутулуга суох буолуутун туруулаһан төрөөбүт дойдуларыгар ытык иэстэрин толоро, биһиги нус-хас олохпутун араҥаччылыы сылдьаллар.
Аҕа көлүөнэбит уһансыбыт Улуу Кыайыытын историятынан билиҥҥи ыччаты Дойдуларыгар бэриниилээх буола иитиигэ Эһиги киллэрбит кылааккын үрдүктүк сыаналыыбыт уонна сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран дириҥ махталбытын тиэрдэбит!
Ытык-мааны ийэлэрбит, эһиги үтүө санааҕыт, истиҥ-иһирэх сыһыаҥҥыт, айылҕаттан бэриллибит муудараскыт, ийэ быһыытынан киэҥ-холку майгыгыгыт, улуус кэнчээри ыччатын уонна олоҕун-дьаһаҕын сайдыытын олугунан буола турдун!
Күн күбэй ийэлэрбит дьоллоох, доруобай буолуҥ!
«Сунтаар улууһа (оройуона)»
муниципальнай оройуон баһылыга: А.В. Григорьев
Сунтаар улууһун депутаттарын
Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ У.Д. Попова
Оставить сообщение: