Кутананы, Күүкэйи уу ыксатар
18:50 17.10.2022 16+
Кутананы, Күүкэйи уу ыксатар
Бу күннэргэ Кутана сэлиэнньэтин күөлэ халааннаан, күөл кытыытыгар олорор ыаллары уу ылаары ыксатан эрэр. Нэһилиэк баһылыга Николай Давыдов иһитиннэрэринэн, улуус дьаһалтатын кытта үлэлэһэн, үөскээбит балаһыанньаны учуоттаан бу күннэргэ нэһилиэк үрдүнэн ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэм буолуу режимэ ("Режим повышенной готовности")олохтонно.
Күөл уутун түһэриигэ саҥа ханаабалары оҥорууга "Айан-суол" тэрилтэ тиэхиньикэлэрэ күүскэ үлэлииллэр.
Күөл уутун бу халааннааһынын олохтоохтор былырыын Ботомоойуга барбыт улахан баһаардар уонна улахан, элбэх уулаах ардахтар содуллара дииллэр. Ботомоойу үрэхтэрин уута Күүкэйинэн ааһан ити Кутана күөлүн толорор. Ону ааһан Саһар уонна Тоҥулаах үрэхтэрин уулара киирэр.
Кутаналар күөллэрин уутун түһэрэр туһугар күүстээх үлэҕэ сылдьаллар.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Оставить сообщение: